Поздравление главы Якутии Айсена Николаева с Новым годом и Рождеством
31 декабря 2020
Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с наступающим Новым годом и Рождеством!
Во всех городах и сёлах нашей бескрайней республики все с нетерпением ждут боя кремлёвских курантов, которые возвестят о наступлении 2021 года.
Уходящий 2020 год стал переломным в истории человечества. Пандемия коронавируса, большая нагрузка на здравоохранение, экономический кризис и другие последствия опасного заболевания не обошли стороной и нашу республику.
Год, проходящий под знаком 75-летия Великой Победы, объявленный в нашей стране Годом памяти и славы и Годом патриотизма в республике, дал нам возможность стойко ответить вызовам нового времени, проявить чувство единения и патриотизма.
Несмотря на все трудности, последовавшие за COVID-19, мы вместе выдержали испытания, воплотили почти все планы, которые наметили в начале года. Особые слова признательности мы посвящаем нашим медикам и волонтёрам, которые ежедневно встают на защиту здоровья и безопасности населения. Благодаря дисциплинированности каждого жителя Якутии, своевременным антикризисным мерам, поддержке федеральных властей преодолели две волны коронавируса.
В непростых эпидемиологических условиях мы ещё раз убедились в актуальности цифровых сервисов, адаптировали их под условия новой реальности. Благодаря им мы продолжили работать в удалённом режиме, решали важные вопросы, не выходя из дома, провели множество мероприятий.
Пандемия не помешала нам активными темпами строить жильё, школы, детские сады, спортивные объекты, ремонтировать дороги, возводить мосты, создавать современную инфраструктуру в городах и сёлах, реализуя общественные инициативы. Мы гордимся достигнутыми результатами в промышленности, спорте, кино, образовании, науке, культуре и других отраслях. Всё, что я перечислил, стало возможным благодаря сплочённости, взаимовыручке и вере в лучшее.
События уходящего года заставили нас по-другому взглянуть на многие аспекты жизни, задуматься об истинных ценностях. Каждый из нас понял, что нет ничего более ценного, чем жизнь человека, нет ничего важнее, чем забота о человеке.
В 2021 году, в Год здоровья, объявленный в нашей республике, мы будем лучше заботиться друг о друге. Объединив усилия, сделаем все для сохранения и приумножения благополучия якутян, будем стремиться к тому, чтобы каждый житель республики гордился тем, что живёт в успешной, динамично развивающейся республике, в сильной и могучей России.
Искренне желаю вам крепкого здоровья, успехов во всех начинаниях, счастья и благополучия, оптимизма и процветания! Пусть атмосфера волшебного праздника и тепло домашнего очага согревают наши сердца, наполняя жизнь прекрасными мгновениями!
Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан, ытык-мааны Саха Сирин олохтоохторо!
С Новым годом, с новым счастьем, дорогие земляки!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини кэлэн иһэр Саҥа дьылынан уонна Ороһооспонон ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Сотору кэминэн бука бары долгуйа күүппүт түгэммит тосхойуо – Кириэмил кураннарын тыаһа 2021 сыл үүммүтүн кэрэһэлиэ.
Ааһан эрэр 2020 сыл киһи аймах устуоруйатыгар тосту уларыйыылаах буолла. Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт кутталлаах дьаҥ биһиги өрөспүүбүлүкэбитин эмиэ тумнубата, доруобуйа харыстабылыгар уустуктары, экэниэмикэҕэ тыҥааһыны уонна да атын кыһалҕалары үөскэттэ.
Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө дойду үрдүнэн Умнуллубат Албан аат, өрөспүүбүлүкэҕэ Патриотизм сылынан биллэриллибит ааһан эрэр сыл саҥа кэм уустуктарын халбаҥнаабакка туоруур, дойдуга таптал уонна сомоҕолоһуу тыынын өссө күүскэ иҥэрэр кыаҕы биэрдэ.
COVID-19 турбутунан төһө да ыарахаттар үөскээтэллэр, биһиги сыл саҥатыгар ылыммыт былааммытын барытын кэриэтэ олоххо киллэрдибит. Күн ахсын нэһилиэнньэ чөл туругун уонна куттала суох буолуутун туһугар бэйэлэрин харыстаммакка үлэлии сылдьар медиктэргэ уонна волонтердарга ураты махталбын биллэрэбин. Саха сирин хас биирдии олохтооҕо саҥа олохтонуллар бэрээдэги тутуспутун түмүгэр, кириисиһи утары дьаһаллары кэмигэр ылынан уонна федеральнай былаас өйөбүлүнэн биһиги коронавирус икки долгунун туораатыбыт.
Дьаҥ бүрүүкээбит уустук кэмигэр биһиги сыыппара технологиятынан оҥоһуллар өҥө тыын суолталааҕын өссө төгүл өйдөөтүбүт. Ол курдук биһиги дьиэҕэ олорон аныгы технология көмөтүнэн үлэбитин толорор буоллубут, дьоһун суолталаах боппуруостары быһаардыбыт, дьиэттэн тахсыбакка үгүс тэрээһини ыыттыбыт.
Олорор дьиэлэри, оскуолалары, оҕо уһуйааннарын, успуорт эбийиэктэрин, муосталары тутуу, суол өрөмүөнэ, куораттарга уонна сэлиэнньэлэргэ аныгы инфраструктураны оҥоруу, уопсастыба көҕүлээһиннэрин өйөөһүн дьаҥтан тутулуга суох көхтөөхтүк ыытылынна. Биһиги олорор эйгэни тупсарыыга, промышленноска, успуорка, киинэҕэ, наукаҕа, култуураҕа уонна да атын салааларга таһаарыылаахтык үлэлээтибит. Бу эппитим барыта сомоҕолоһуу, түмсүүлээх буолуу, бэйэ-бэйэҕэ көмө, үтүө сыһыан түмүгэр ситиһилиннэ.
Ааһан эрэр сыл олохпутун саҥаттан анааран көрөргө, дьиҥ аналбытын толкуйдуурга күһэйдэ. Киһи олоҕо уонна дьоҥҥо кыһамньы тугунан да кэмнэммэт, туохтааҕар да күндү буоларын хас биирдиибит өйдөөтө!
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Чэбдигирии сылынан биллэриллибит кэлэр 2021 сылга бэйэ-бэйэбитигэр кыһамньыбытын өссө күүһүрдүөхтээхпит. Дойдубут чэчирии сайдарын туһугар күүспүтүн түмүөхпүт, хас биирдии Саха сирин олохтооҕо күүстээх уонна модун Россияҕа, ситиһиилээх уонна аныгы хабааннаах өрөспүүбүлүкэҕэ олорорунан киэн туттарын туһугар дьулуһуохпут.
Ис сүрэхпиттэн чэгиэн туругу, ситиһиини, дьолу, сырдык санааны, инникигэ эрэли уонна сайдыыны баҕарабын! Бу үтүө бырааһынньык алыптаах тыына уонна алаһа дьиэ сылааһа олохпутун үтүө түгэннэринэн толордун!
Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан, ытык-мааны Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев