Общество

Сардана Авксентьева поздравляет с национальным праздником Ысыах

  • 17:03 / 21.06.2020
  • Текст: Sm24.info

Дорогие горожане!

Сердечно поздравляю вас с главным национальным праздником нашего народа – Ысыахом Туймаады! Знаменуя собой приход долгожданного лета, Ысыах символизирует не только обновление природы, но и духовное, нравственное возрождение человека.

Через традиционные обрядовые действа - тойук, алгыс, осуохай, игре на хомусе мы обращаемся к высшим небесным божествам Айыы, чтобы испросить благословения для себя, родных и своего народа. А также просим благодатного, щедрого лета.

Ысыах способствует не только сохранению и развитию культурного фонда народа саха, но и содействует разностороннему диалогу культур всех народов, проживающих в нашей бескрайней, многогранной, прекрасной Якутии. Это праздник единения, мира и согласия.

Уважаемые жители и гости столицы!

В период всеобщей самоизоляции, я приняла непростое решение — провести всеми нами любимый, долгожданный, зрелищный национальный праздник Ысыах Туймаады в режиме онлайн.

Я очень признательна за то, что поддерживаете это решение. 21 июня мы в режиме онлайн и по телевидению увидим традиционную церемонию алгыс в местности Yс Хатыҥ, посмотрим моменты предыдущих праздников, вспомним, что нас объединяет.

Ысыах прежде всего ждут люди старшего возраста. Они, как и наши предки, связывают Ысыах с тем, что благополучно пережили суровую якутскую зиму. Наше старшее поколение, достигшие 75 лет и старше являются детьми Великой Отечественной войны. В этом году мы отмечаем 75-летие Великой Победы. В связи с национальным праздником каждому горожанину, кому исполнилось столько же лет и старше, вручили символический подарок - обрядовый набор.

Дорогие земляки!

Еще раз поздравляю вас с приходом на землю Олонхо замечательного праздника лета! Желаю вам успехов в труде, семейного счастья, благополучия! Пусть наша любовь и уважение к традициям предков станут залогом процветания и благоденствия!

Глава городского округа «город Якутск» Сардана Авксентьева

Туймаада туонатын ытыктабыллаах олохтоохторо!

Күөх төлөнүнэн күлүм-салым күөдьүйэр, кыһыл төлөнүнэн кытыастар аал уоппутун арыылаах алаадьынан, саамал кымыһынан, сылгы сиэлинэн күндүлүүр, алгыс этэн, Үрдүк Айыыларга махтанар, быйаҥнаах-байылыат, дьоллоох-соргулаах олоҕу көрдөһөр Үрүҥ Тунах Ыһыаҕы ыһар кэрэ кэммит кэлбитинэн Дьокуускай куорат салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан истиҥник эҕэрдэлиибин!

Сахалар, биһиги, чэҥ муус, көмнөх хаар кырыалаах, томороон тымныылаах кыһыны этэҥҥэ туораан ача күөх окко үктэммит үөрүүбүтүн, сирбит-дойдубут сиэдэрэй сибэккинэн симэнэр, көй салгыммыт сылааһынан сайа кууһар чаҕыл күннээх самаан сайыммытын Ыһыах ыһан көрсөр үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үтүө үгэстээхпит.

Күн сыдьаайа муҥутуурдук күүһүрэн, үрдээн турар кэмигэр ыһар Ыһыахпыт саха Саҥа Дьылын быһыытынан ылыныллар. Онон, ааспыт сылга үлэҕэ ситиһиллибит дьаһаллары, саҥа саҕалааһыннары, кыаллыбатах өрүттэри бүүс-бүтүннүүтүн чөкөтөн-чөмчөтөн ырытар-ыараҥнатар уонна онтон тирэҕирэн инникини торумнуур дьоһун кэммит үүннэ.

Хомойуох иһин, аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт дьаҥ-дьаһах быйылгы Туймаада Ыһыаҕын атыннык көрсөргө, онлайн ыытарга күһэйдэ. Онтон сүөм түспэккэ, үөрэн-көтөн, сүргэбит көтөҕүллэн туран бу күнү уруйдуу-айхаллыы көрсөбүт!

Куоратым күндү дьоно-сэргэтэ!

Быйыл өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтиибит. Хабыр хапсыһыылаах, кырыктаах кыргыһыылаах улуу сэриигэ, аас-туор сылларга сырдык тыыннара быстыбыт, тыылга көмүс көлөһүннэрин тохпут, Кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэн эйэлээх олоҕу айбыт-туппут дьоммутугар махтанарбытын, сүгүрүйэрбитин, ытыктыырбытын өссө төгүл этэргэ тоҕоостоох кэм тосхойдо.

Үрүҥ Тунах Ыһыаҕы кимнээҕэр да ордук аҕа саастаахтарбыт күүтэллэр. Онон, кинилэр үөрүүлэрин үрдэтээри, санааларын өрө көтөҕөөрү, куоратым 75 уонна онтон аҕа саастаах олохтоохторугар — сэрии ыар сылларыгар оонньооботох оҕо саастаммыт Ытык дьоммутугар хас биирдиилэригэр сэмэй бэлэҕи ис сүрэхпититтэн долгуйан, үөрэн тураммыт туттардыбыт. Билиҥҥи ааҕыынан куорат уокуругар 75 сааһын туолбут 8,5 тыһыынча киһи олорор. Кинилэр омуктарыттан, чыыннарыттан тутулуктаммакка, бука барыларыгар бэлэх ууннубут.

Күндү доҕоттор!

Ийэ Айылҕабыт күөх нуолур солкоҕо сууланар, күммүт сылама чаҕылыйа-мичилийэ сыдьаайар, сайа охсор мүөттээх салгыммыт итиинэн илгийэр, хонууларбыт, ойуурдарбыт чыычаах эҥинэ бэйэлээх эриэккэс ырыатынан туолар кэрэ кэммит — сайыммыт бука барыбытыгар чиҥ-чиргэл туругу, силлибэт ситиһиилэри, дьолу-соргуну, уйгуну-быйаҥы, барҕарыыны түстээтин!

Туймаада туонатын Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан!

Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева