Общество

Айсен Николаев поздравляет с Днем Великой Победы

  • 10:29 / 09.05.2019
  • Текст: Sm24.info

Дорогие участники Великой Отечественной войны, труженики тыла!

Уважаемые жители Якутии!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с Днем Великой Победы!

9 Мая – самый великий и почитаемый праздник в России. Мы встречаем его с радостью, волнением, глубоким осознанием колоссального масштаба этого эпохального события.

Победа над фашизмом была завоевана ценой неисчислимых страданий и лишений, ценой подвига великого народа и его самоотверженного труда. Мы гордимся мужеством наших воинов, защитивших честь и независимость нашей Родины. Мы всегда будем беречь правду о Великой Отечественной войне и помнить, что благодаря нашим героям сейчас мы живем мирной и свободной жизнью.

Вечная слава героям! Вечная память всем тем, кто отдал свои жизни за свободу родной страны! Низкий поклон за мужество, отвагу и героизм!

Дорогие друзья! В этот светлый день желаю всем вам благополучия, крепкого здоровья, счастья и мирного неба! С Днем Победы!

Глава Республики Саха (Якутия)                                                       Айсен Николаев

Аҕа дойду Улуу сэриитин күндү кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ!

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Ыам ыйын 9 күнэ – Арассыыйаҕа саамай улуу уонна ытыктанар бырааһынньык. Биһиги бүтүн эпохаҕа киэҥ хабааннаахтык буолбут түгэни дириҥник ылынан туран, бу күнү үөрэ-көтө, долгуйа көрсөбүт.

Фашизмы кыайыы киһи ааҕан сиппэт эрэйин-муҥун уонна сүтүгүн түмүгэр, улуу норуот хорсун быһыытынан уонна бэйэни харыстаммат үлэтинэн   ситиһиллибитэ. Биһиги Ийэ дойдубут чиэһин уонна тутулуга суох буолуутун көмүскээбит буойуннарбыт хорсун быһыыларынан киэн туттабыт.  Биһиги Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан кырдьыгы өрүү харыстыахпыт уонна биһиги дьоруойдарбыт көмөлөрүнэн билигин эйэлээх уонна көҥүл олоххо олорорбутун өрүү өйдүөхпүт.

Дьоруойдарга үйэлэргэ албан аат! Бэйэлэрин олохторун төрөөбүт дойдуларын көҥүлүн туһугар толук уурбуттарга үйэлээх өйдөбүл! Хорсун быһыыгыт, эр санааҕыт уонна дьоруойдуу быһыыгыт иһин сүгүрүйэбит!

Күндү доҕоттор!  Бу сырдыгынан сыдьаайар күн бука барыгытыгар нус-хас олоҕу, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну уонна эйэлээх халлааны баҕарабын! Улуу Кыайыы күнүнэн!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                                         Айсен Николаев